s-1
| Кинилэр кэллилэр |
s-2
| Кинигэлэри күн аайы ааҕабын |
s-3
| Илиибин сууннум |
s-4
| Биһиги манна баарбыт |
s-5
| Эн профессор буолуоҥ |
s-6
| Манна остуол, олоппос, ыскамыайка баар |
s-7
| Кылааска элбэх паарта турар |
s-8
| Биир паартаҕа икки киһи олорор |
s-9
| Биир уол турар уонна ааҕар |
s-10
| Бу оскуолаҕа элбэх киһи үөрэнэр |
s-11
| Айаана уонна Сайаана, манна кэлиҥ, дуоска аттыгар туруҥ |
s-12
| Кыра оҕолор начальнай оскуолаҕа үөрэнэллэр |
s-13
| Кыра оҕо ханна үөрэнэрий? |
s-14
| Кырдьык, миэхэ күөгүрээпийэ олус туһалаабыта |
s-15
| Баһаалыста, бары туруҥ |
s-16
| Миша кинигэни атыыласта |
s-17
| Саша аҕатыгар суругу ыытта |
s-18
| Ийэм баһаартан эт атыыласта |
s-19
| Мин кэллим |
s-20
| Манна оҕолор олороллор |
s-21
| Түргэнник аһаама, бытааннык аһаа |
s-22
| Илии тарбаҕа уһун уонна синньигэс, атах тарбаҕа кылгас уонна суон |
s-23
| Мин илиим ыраас |
s-24
| Ийэм кыра оҕоҕо кинигэ ааҕар |
s-25
| Аҕам хаһыат ааҕар уонна кэпсиир, улахан дьон истэллэр |
s-26
| Хойут бары аһыыллар уонна утуйаллар |
s-27
| Мин аатым Кэскил |
s-28
| Ити уол эбэтэ ыалдьар |
s-29
| Аҕаҥ кэллэ |
s-30
| Быраатым уонна балтым үөрэнэллэр |
s-31
| Килиэптэ аҕалыахха наада |
s-32
| Петровка ыыттым |
s-33
| Кини Дьокуускайга барда |
s-34
| Дьокуускайга хаар түһэр |
s-35
| Кини Москваҕа олорор |
s-36
| Балык ууга үөскүүр |
s-37
| Ууга түспүтүм |
s-38
| Кини дьиэҕэ киирбитэ |
s-39
| Оскуолаттан кэллэ |
s-40
| Үс километры бардыбыт |
s-41
| Хахай эһэтээҕэр күүстээх |
s-42
| Үүтү биһиги ынахтан ылабыт |
s-43
| Кини яблоко аһыыр |
s-44
| Кини яблоконы аһыыр |
s-45
| Эн убайыҥ ханна үөрэнэрий? |
s-46
| Кини доҕотторо нууччалар |
s-47
| Мин кулгааҕым ыалдьыбат, баһым ыалдьар |
s-48
| Ханнык дьиэҕэ киирдэ? |
s-49
| Мин биир атаһым убайа куоракка үөрэнэр |
s-50
| Бастаан ыалдьар киһини карточкаҕа суруйаллар |
s-51
| Онтон карточканы бырааска биэрэллэр |
s-52
| Быраас ыалдьар дьону уочаратынан ыҥырар |
s-53
| Кини ыалдьар киһини көрөр, истэр уонна киниэхэ эми суруйар |
s-54
| Олоппосторго дьоннор олороллор |
s-55
| Саахары, арыыны аҕалла уонна килиэп быста |
s-56
| Сардана, буулката аҕал, өссө килиэптэ быс |
s-57
| Кэскилга чэйдэ кут! |
s-58
| Кэскил элбэхтик аһаата, улаханнык тотто |
s-59
| Кэл , сүөгэйдэ ис , күөрчэхтэ сиэ ! |
s-60
| Үрүҥ килиэби быһыма , хара килиэптэ быс |
s-61
| Ити уолга харандааста биэр |
s-62
| Сорохтор муостаны сууйуҥ , сорохтор паартата , остуолла сотуҥ , сорохтор ааннары , ыскааптары сууйуҥ |
s-63
| Уҥуоҕа суох уонна эмис эт бу баар |
s-64
| Биһиги иһиппит элбэх |
s-65
| Сорох иһити чэйгэ туруораллар , сорох иһити эбиэккэ туруораллар |
s-66
| Биһиэхэ биир улахан алтан сылабаар баар |
s-67
| Кини түргэнник оргуйар , үчүгэй сылабаар |
s-68
| Кыра үрүҥ чаанньыгы сылабаарга туруораллар |
s-69
| Кини куукунаҕа бастаан билиидэни отунна |
s-70
| Онтон хомуоһу ылла уонна муннукка турар буочукаттан биэдэрэҕэ уу кутта |
s-71
| Дьонум миигин утарбыттара |
s-72
| Ол солуону ыйыстыбыт моҕой |
s-73
| Күн сирин барытын кэриэтэ тилийэ көппүтүм |
s-74
| Маша саламаатта сиэтин |
s-75
| Өр улахан дьон ортотугар олорбутум |
s-76
| Кинилэри үчүгэйдик көрбүтүм билбитим |
s-77
| Мин онус кылааска үөрэнэбин |
s-78
| Оскуола дьиэтэ ханна баарый ? |
s-79
| Эн тыс этэрбэһи кэтэҕин дуо ? |
s-80
| Онно мин буруйум суох |
s-81
| Аҕата төһө хамнаһы өлөрөр ? |
s-82
| Онуоха кини симиктик эрээри , оттомноохтук хат көрдөстө |
s-83
| Син биир хойчоонно уруһуйдаа |
s-84
| Оччоҕо эн халлаантан сууллубутуҥ дуо ? |
s-85
| Коперник сүрүн уонна соҕотох кэриэтэ айымньыта - Халлаан эргимтэлэрин хамсааһына |
s-86
| Улахан дьон бары үлэлииллэр |
s-87
| Олоҥхо — саха уус-уран айымньыта |
s-88
| Мэ , маны ыл |
s-89
| Бар , көр эрэ |
s-90
| Мэ , бу үүтү ис ! |
s-91
| Эмис эт бу баар |
s-92
| Айаана , эн аах |
s-93
| Бу бэрт бөҕө быа |
s-94
| Эһээ , эн кэпсээ ! |
s-95
| Кэл , манна олор ! |
s-96
| Ити ыт тугу үрэр ? |
s-97
| Атын эт баар дуо ? |
s-98
| Аа , Кэскил кэллэ ! |
s-99
| Кэскил , онно тур |
s-100
| Бу саа үчүгэй дуо ? |